Сыл ахсын ыытыллар "Идэhэ киэhэтэ"

25.11.2015 10:56

Сыл  ахсын  Өймөкөөн орто оскуолатыгар  үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ киэһэтэ» буолан ааста. Хас биирдии кылаас униформалаах, оригинальнай астаах, ас төһө араастааҕынан уонна төһө дохуот киллэрбиттэринэн дьүүллүүр сүбэ көрбүтэ.

         Алын сүһүөх кылаастарга бастакы миэстэни үһүс кылаас ылла.  “Дьөһөгөй” диэн ааттаах остуолга 26 ас арааһа тэлгэтиллибит. 14205 солкуобайы киллэрбит. Кылаас салайааччыта Аммосова Люция Прокопьевна.

      Иккис миэстэни бастакы кылаастар ылбыттар . Төрөппүттэрэ мустан «Сандалы» диэн ааттаах остуолу тардан кэбиспиттэр.16 ас арааһа тардыллыбыт, киллэрбит дохуоттара 5000 солкуобай буолбут. Кылаас салайааччыта Антонова Мария Васильевна.

      Үһүс миэстэ төрдүс кылаастарга тигистэ.Остуолларын  «Сандалы» диэн  ааттаабыттар. Астарын арааһа 15 буолбут, дохуоттара 7000 солкуобай буолбут. Кылаас салайааччыта Готовцева Агафья Степановна.

     Иккис кылаастар «Төрөөбүт күҥҥүнэн» диэн ааттаах остуолларыгар 14 ас арааһын тардан, 2300 солкуобайы киллэрбиттэр. “ Саамай кэрэ киэргэтиилээх кылаас” диэн номинацияга тигистилэр. Кылаас салайааччыта  Винокурова Анна Гаврильевна.

      Орто сүһүөх  кылаастарга “Ассорти” диэн остуоллаах, 31 араас астаах, 20490 солкуобай дохуоттаммыт бэьис кылаас ылыан ылла. Кылаас салайааччыта Сивцева Сардана Уйгун.

      Иккис миэстэни 30 араас ас астаабыт, 9000 солкуобайы киллэрбит сэттис кылаас ылла. Кылаас салайааччыта Сивцева Ирина Федоровна.

      Үһүс миэстэни  “Дьөһөгөй оҕото”  диэн ааттаах остуоллаах,14 араас астаах, 4510 солкуобай дохуоттаах  алтыс кылаас оҕолоро ыллылар.  “Саамай тупсаҕай бүлүүдэ” номинация туттарылынна. Кылаас салайааччыта Винокурова Елена Владимировна.

      Улахан кылаастарга “ Сэргэ” диэн остуоллаах, бары сахалыы таҥастаах, 28 араас астаах,9300 солкуобай дохуоттаах 9 кылаас ылыан ылла. Кылаас салайааччыта Кривошапкина Виктория Викторовна.

     Иккис миэстэни “ Сахалыы ас” диэн остуоллаах, 23 араас астаах, 5815 солкуобай дохуоттаах 8 кылаас ылла. Кылаас салайааччыта Степанова Ольга Васильевна.

   Үһүс миэстэҕэ «Минньигэс остуол» диэн остуоллаах, 13 араас астаах, 4865 солкуобай дохуоттаах 10 кылаас таҕыста. «Минньигэс остуол» диэн номинация иҥэрилиннэ.Кылаас салайааччыта Заровняева Марианна Владимировна.

  Бары ас-үөл атыылаан, атыылаһан үөрэ-көтө дьиэлэригэр тарҕастылар.

                               Эһиил көрсүөххэ дылы!

Өймөкөөн орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала Готовцева А.С.

                              Сэтинньи 2015 сыл.